Айхал Семёнович Стручков бирииһигэр анаммыт Улуустааҕы дуобат күрэҕин сонуннара.
03:27
09.11.2026
Айхал Семёнович Стручков бирииһигэр анаммыт Улуустааҕы дуобат күрэҕин сонуннара.
Дуобат оонньуута былыр - былыргыттан культура деятеллэрин, наука уонна искусство үлэһиттэрин, учууталлары, суоппардары, булчуттары, эмчиттэри уонна да атын идэлээх дьону бука барыларын умсугутара.
Дуобат, саахымат оонньуулара дьону тугунан тардалларый? Туох - ханнык иннинэ, кинилэр спорт биир бастыҥ көрүҥүнэн буолалларынан, адьас тэҥ усулуобуйаҕа атын киһини кытта күрэс былдьаһан көрүү, оонньуу быраабылатын чопчутук уонна мындырдык туттан, кинини толкуйдааһын өттүнэн баһыйыы ньымата буоларынан биллэллэр.
Бу спорт көрүҥнэригэр стадион да, анал тэриллээх дьиэ - уот да наадата суох.
Биһиги Дьааҥыбыт улууһугар дуобаты, саахыматы дьиэ - кэргэн иһигэр, биитэр предприятиелар уонна тэрилтэлэр хосторугар, оскуола кылаастарыгар, кулууптарга эрэ буолбакка, ону тэҥэ отчуттар отууларыгар, булчуттар, сылгыһыттар
үүтээннэригэр, кыстык дьиэлэргэ уонна да атын сирдэргэ сылдьан - биир тылынан эттэххэ хайа эмэ остуол оҕотугар, төҥүргэскэ хордуоҥка дуосканы ууруохха уонна онно дуобат мас төгүрүктэрин туруоруохха сөптөөх сиргэ барытыгар оонньууллар, күрэхтэһэллэр.
Дуобат, саахымат оонньуулара толкуйдуурга, мындыр өйдөөх, болҕомтолоох, кытаанах характердаах буоларыгар көмөлөһөллөр.
Билиҥҥи бириэмэҕэ, байыаннай техника хаһааҥҥытааҕар да ордук иннин диэки хардыылаабыт, аармыйа сэбилэниитигэр ракетнай электроннай - суоттуур уонна да атын уустук техника баар, кыргыһыы дьыалатын мүнүүтэ уонна оннооҕор сөкүүндэ да быһаарар буолбут бириэмэтигэр, ити хаачыстыбалар билиҥҥи буойуҥҥа ордук наадалаахтар.
Онон, дуобаты, саахыматы хайаан да хас биирдии ыал оонньуон, оҕотун дуобат, саахымат оонньууларыгар угуйуон наада дии саныыбын.
Бу дьыл сэтинньи сэттистиир күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна оройуон хас да төгүллээх чемпиона, Дьааҥыга нуучча дуобатыгар бастакы разрядтаах, 4 оҕо амарах аҕата,11 сиэн эһэтэ Стручков Айхал Семёнович бирииһигэр Улуустааҕы дуобат күрэҕэ бэрт тэрээһиннээхтик ыытыллан ааста. Барыта 5 - тии киһилээх 7 хамаанда, ол эбэтэр Баатаҕай, Табалаах, Верхоянскай, ЦПРКА -1, ЦПРКА-2, , Баатаҕай орто оскуолата уонна Адыаччы кыттыыны ыллылар. Хомойуох иһин сорох хамаандалар айанныыр көлөлөрө көстүбэккэ кыайан кыттыбакка хааллылар.
Бу оройуоннааҕы дуобат күрэҕи иилээн - саҕалаан, сүүрэн - көтөн бука барыбытын түмэн, салайан ыытта Улуустааҕы дуобат Федерациятын бэрэсэдээтэлэ Виктор Семёнович Стручков. Кини тэрээһининэн сылын аайы киэҥ далааһыннаах дуобат араас таһымнаах курэхтэрэ ыытыллар буолбуттара ыраатта.
Быйыл Виктор Семёнович көҕүлээһининэн дуобат оонньуута икки араас көрүҥҥэ ыытылынна, ол эбэтэр 64 уонна 100 харахтаах дуобакка.
Дуобаччыттар оскуола оҕотуттан саҕалаан, 85 сааһыгар диэри кырдьаҕастарга тиийэ, сарсыарда 9 чаастан киэһээ хойукка диэри күрэхтэстилэр. Ити күрэхтэһии түмүгэ маннык буолла:
1 дуоскаҕа 1 миэстэни ылла Петров Николай Николаевич - (Баатаҕай), 2 миэстэҕэ тигистэ Стручков Александр Айхалович- (Адыаччы), онтон 3 миэстэни ылла Баатаҕай орто оскуолатын 8 - кылааһын үөрэнээччитэ Чириков Миша. Кини маннык улахан турнирдарга олох кыра оҕо эрдэҕиттэн кыттар буолбута ыраатта.
2 дуоска:
1 миэстэ - Потапов Виктор Викторович (Табалаах).
2 миэстэ - Стручков Василий Васильевич - (Баатаҕай).
3 миэстэ - Сивцев Николай Николаевич (ЦПРКА -1).
3 дуоска:
1 миэстэ - Потапова Анна Афанасьевна (Табалаах).
2 миэстэ - Бурцева Ольга Павловна (ЦПРКА-1).
3 миэстэ - Другина Розалия Иннокентьевна (Баатаҕай).
Ити күрэх кэниттэн,
Аан дойдутааҕы 100 харахтаах дуобат
көрүҥэр 14 киһи кыттыбытыттан маннык түмүктэр таҕыстылар:
4 дуоскаҕа 1 миэстэни ылла Фёдоров Иннокентий Лукич (Верхоянскай).
2 миэстэ тигистэ Стручков Виктор Семёновичка (Адыаччы),
3 миэстэни ылла Чириков Афанасий Афанасьевич (Табалаах).
5 дуоскаҕа:
1 миэстэ - Стручкова Анна Николаевна - (Баатаҕай орто оскуолата).
2 миэстэ - Потапова Альбина Петровна - (Табалаах).
3 миэстэ- Стручкова Галина Гаврильевна (Адыаччы).
Хас биирдии хамаанда дуобаччыттарын ситиһиилэрин, кыайыыларын ааҕан - суоттаан баран уопсай хамаандалар түмүктэрин таһаараннар кыайыылаах хамаандалар билиннилэр.
Уопсай түмүк маннык буолла:
1 миэстэҕэ биир очукуонан баһыйан таҕыста Табалаах хамаандата. Кинилэр сылын аайы бастыыллар. Быыстала суох бэлэмнэниилэрин, бу кыайыыларынан бэлиэтии көрүөххэ сөп.
Баатаҕай хамаандата 2 миэстэҕэ тигистэ,
ЦПРКА - 1хамаандата 3 миэстэни ылла.
Онтон салгыы күрэхтэһиэн баҕалаахтарга блиц - турнир ыытылынна. Манна барыта 50-ча дуобаччыт кыттыыны ыллылар.Түмүгэ маннык буолла:
Эр дьоннорго:
1 миэстэ - Петров Николай (Баатаҕай).
2 миэстэ - Чириков Афанасий (Табалаах).
3 миэстэ - Стручков Александр (Адыаччы).
Дьахталларга:
1 миэстэ - Потапова Анна (Табалаах).
2 миэстэ - Стручкова Галина (Адыаччы).
3 миэстэ - Потапова Мария (Верхоянскай).
Бу үрдүк таһымнаах Улуустааҕы дуобат күрэҕэр кылаабынай суудьуйанан үлэлээтэ, улууспут биир бастыҥ дуобаччыта, уһуйааччыта, дуобат Федерациятын бэрэссэдээтэлэ Виктор Семёнович Стручков,
сэкэрэтээрдээтэ кини кэргэнэ Стручкова Мария Викторовна, сүүрэн - көтөн көмөлөстө Айхал Семёнович уола Александр Айхалович.
Ити курдук, дуобат Улуустааҕы күрэҕин түмүгүнэн кыайыылаахтарыгар, бэтэрээннэригэр, кырачаан оонньооччуларбытыгар добун суруктар, улахан сууммалаах сэртэпикээттэр, анал сыаналаах бириистэр туттарылыннылар.
Түмүкпэр, улууспут дуобаччыттарын ааттарыттан махталбытын тириэрдэбит Улуустааҕы спорт комитетын салайааччытыгар Неустроев Н.Н., Айхал Семёнович Стручков оҕолоругар, аймахтарыгар, табаарыстарыгар, Адыаччы нэһилиэгин дьаһалтатыгар, Стручков В.В. уонна аҕам саастаах дуобаччыттарбытыгар Горохов Трофим Васильевичка, Потапов Николай Петровичка, Потапова Мария Николаевнаҕа, Потапова Анна Афанасьевнаҕа, Чирикова Любовь Николаевнаҕа.
Маннык өй күрэхтэрэ киһи - аймах балачча өттүн хабар биэс континент дуобаччыттара эйэлээхтик түмсэллэригэр уонна аан дойду үрдүнэн эйэ туругурарын иһин охсуһуу үтүөкэн дьыалатыгар көмөлөһөр. Норуоттар икки ардыларынааҕы саахыматнай Федерация (ФИДЕ)
"Биһиги бары - биир кэргэммит!" диэн официальнай лозуна үлэ күнүн кэнниттэн дуобат, саахымат оонньоон культурнайдык сынньаныахтарын баҕарар аан дойду үлэһиттэрин эрэмньилэригэр олус бэркэ эппиэттиир.
Өссө даҕаны маннык киэҥ далааһыннаах, тэрээһиннээх күрэхтэр ыытылла туруохтара уонна турдуннар диэн баҕа санаанан суруйуубун түмүктүүбүн.
Стручков Анна, Баатаҕай орто оскуолатын учуутала.
07.07.26 сыл.