Тулуйханнар истиҥ ырыаларынан Дьааҥыбыт дьонугар тапталларын тириэрдэллэр.
03:28
09.11.2026
Тулуйханнар истиҥ ырыаларынан Дьааҥыбыт дьонугар тапталларын тириэрдэллэр.
Сэтинньи 5 күнүгэр "Тулуйхан" ырыа лааҕырын оҕолоро түмсэннэр ырыа түһүлгэтин тарданнар, араас куолаһы чугдаардан, истиҥ ырыалары ылаан - туойан бэйэлэрин тапталларын бука барыбытыгар бэлэхтээн аастылар.
Бу ырыа түһүлгэтин "Тулуйхан " оҕо лааҕырын ырыаһыттара баһаам элбэх сыл оҕону ырыа, муусука кэрэ эйгэтигэр угуйбут, ырыаны ымыы оҥостубут, ырыа сайдарын, олоххо - дьаһахха туһалыырын туһугар сүрэхтэринэн -
быардарынан кыһаллан билигин да үлэлии - хамсыы сылдьар уһуйааччыларбытыгар Светлана, Егор Неустроевтарга анаатылар.
Светлана уонна Егор Неустроевтар уһуйууларынан, Парасковья Васильевна Потапова салайыытынан Баатаҕай орто оскуолатыгар "Тулуйхан " диэн ырыа лааҕыра номнуо онус сылын үлэлээн кэллэ. Бу сырыыга Баатаҕайтан, Верхоянскайтан, Адыаччыттан, Табалаахтан барыта 33 оҕо, 9 төрөппүт уонна 14 учуутал ырыаҕа дьарыктаннылар.
Дьарыктара уонча хонук устата бэрт ситиһиилээхтик буолан ааста.
Ырыа куттаах оҕолорбут, төрөппүттэрбит, учууталлар Неустроевтар уһуйууларынан,
эрчийиилэринэн наһаа да элбэх араас ырыаны үөрэтэн, ыллаан, атын оскуолалар оҕолорун кытта билсэн, кэпсэтэн - ипсэтэн үөрдүлэр - көттүлэр.
Үтүө бастыҥ үлэ биһирэниэхтээх, үчүгэй түмүктэрдээх ситиһии хайҕаныахтаах, онон "Тулуйхан " лааҕыр уһуйааччыларыгар Светлана, Егор Неустроевтарга махтанан туран бэйэлэрин тапталларын тириэрдэн ырыа арааһын ыллаан - туойан иһитиннэрдилэр.
Онон, "Тулуйхан " лааҕыр ырыаһыт оҕолорун хас биирдии толорууларын бэркэ диэн биһирээтибит, сэмээр испитигэр үөрэн уйадыйан ыллыбыт.
Оҕо чуор куолаһа чугдаарарын тухары, оҕо истиҥ мичээрэ мичилийэрин тухары, оҕо истиҥ ырыата ылланарын тухары хас биирдии ийэ, аҕа бэйэтин дьоллооҕунан сананар. Ити курдук, Светлана, Егор Неустроевтар оҕолор истиҥ ырыаларынан , кинилэр тапталларынан олус бэрт ырыа - тойук бырааһынньыгын Баатаҕай олохтоохторугар бэлэхтээтилэр. Кинилэр кэлэн оҕолорбутун дьарыктыахтарыттан ыла Баатаҕайга бииртэн биир саҥа, сонун сахалыы ырыалар дьиэрэйэллэрэ, ылланаллара элбэҕи кэрэһэлиир. Оннооҕор нууччалыы саҥарар оҕолорбут сахалыы ыллаан дьиэрэһитэн, кэпсэтэн - ипсэтэн санааларын үллэстэр буоллулар.
Быйылгы ырыа бырааһынньыгар кыттыыны ыллылар төрөппүттэр уонна Баатаҕай орто оскуолатын "Иэйии" диэн учууталлар ансаамбыллара.
Ити курдук, сылтан сыл аайы саҥа сонун сүүрээннэрдээх ырыа бырайыактарын тэрийэн ыытар салайааччылардаах буоламмыт киэн туттабыт, дуоһуйа сынньанабыт.
Ырыа үөскүүр ылланаары, ол эрэн хас биирдии ырыа саха оҕотун үөрэтиигэ - иитиигэ, удьуору, тылы - өһү, норуот муудараһын, сиэри - туому тутуһууга, үгэстэри салҕааһыҥҥа, киһи киэнэ килбиэннээҕэ буоларга, төрөөбүт Ийэ тылы сайыннарыыга сүдү улахан суолталаах буоларын өйдүөх тустаахпыт. Ырыа саха оҕотун сахалыы үөрэтии - иитии эйгэтигэр улахан суолталааҕын көрдөрөр уонна итэҕэтэр кэмэ кэлбитин бу улахан киэҥ далааһыннаах Тулуйханнар ырыаларын бырааһынньыгар көрдүбүт - иһиттибит. Кинилэр ыллаабыт ырыаларын ис хоһооно киһи сирдээҕи аналын туһунан өйдөбүлү иитэр, киһи кыаҕын, үтүөтүн уруйдуур, уран тылга уһуйар, күүстээх санааны күөдьүтэр, эрэл эрчим санааны иҥэрэр ураты тыыннаах. Ырыалара сырдыкка ыҥырар, инникигэ эрэли үөскэтэр уонна төрөөбүт дойдуга сүгүрүйүүнү, тапталы үөскэттилэр.
Светлана Александровна уонна Егор Ильич Неустроевтар, Парасковья Васильевна Потапова бу ырыа түһүлгэтигэр сүрүн соруктарынан буолла - ырыа нөҥүө кэнэҕэски көлүөнэни иитии. Саха оҕото этигэр - хааныгар иитиэхтии сылдьар сүдү кыаҕын уһугуннаран, онно тирэҕирэн, хас биирдии ырыаһыт оҕону сайыннарыы, сайдыылаах омуктары кытары кытта тэҥҥэ турар өйү - санааны иҥэрии, аныгы олох усулуобуйатыгар сөп түбэһиннэрэн тирэхтэммиттэр эбит. Онон, бу маннык үтүө санаалаах, сүдү талааннаах, үлэлэригэр олус күүстээх бэриниилээх дьоннорбут баар буоланнар сахабыт тыла сүтэн, симэлийэн хаалбатын туһугар үлэлии-хамсыы сылдьар ырыа куттаах үтүө дьоммутугар
махталбытын тириэрдэбит. Кэнчээри ыччаппыт кэскиллээх буоларын туһугар, сахабыт тылын харыстааһыҥҥа, таптааһыҥҥа ырыанан улахан кылааттарын киллэрбит Светлана Александровна уонна Егор Ильич Неустроевтар дьиэ кэргэттэригэр сиргэ тиийэ сүгүрүйэбит, махталбытын тириэрдэбит уонна саргыгыт салалыннын, өрөгөйгүт үрдээтин, дьоллоох күннэр күн аайы тосхойдуннар диэн алҕаатахпыт буолуохтун.
Стручкова А.Н., Баатаҕай орто оскуолатын учуутала.
06. 11.26 сыл.