Олонхо утума - Дьааны эйгэтигэр
00:00 27.11.2024 16+
Олонхо утума - Дьааны эйгэтигэр.
Сэтинньи 25 кунугэр "Дьааны - олонхо туьэ" диэн Дьааны улууьун ассоциациятын бэрэсэдээтэлин Екатерина Васильевна Ноговицына, Улуустаагы Культуурабыт, Уерэгириибит Сынньалан кииннэрбит салайыыларынан бэрт дирин ис хоьоонноох, урдук таьымнаах тэрээьин ыытыллан ааста.
ЮНЕСКО олонхону аан дойду чулуу айымньытынан билиниитэ саха норуотуттан олох бары эйгэтигэр угус тэрээьиннээх улэни эрэйэр. Ол иьигэр уерэх эйгэтигэр эмиэ.
Уеьээ Дьааныга уерэх тэрилтэлэригэр туелбэ олонхотунан улэ куустээхтик бара турарын бу тэрээьинтэн биллибит, кердубут- иьиттибит.
Бу тэрээьин саха тыла, олонхобут тыла сайдарын туьугар уерэтии- иитии наука таьымыгар тахсарыгар сыратын уурбут, улахан кылааты киллэрбит Нина Игнатьевна Филипповага ананна. Нина Игнатьевна Филиппова учууталлар учууталлара, дьоьуннаахай ологу олорон, кэлэр келуенэ учууталларга эппит, субэлээбит тыла - еье сирдьит буолар, кини улэлэрин уерэппит оголоро, учууталлара салгыыллар диэн туран Баатагайга Арчы дьиэтигэр сурдээх туьалаах, ис хоьоонноох керсуьуу буолан ааста.
Бастаан утаа Олонхо кунун аьыллыытын олохтоох алгысчыттарбыт, айылгаттан айдарыылаах Василий Колесов уонна Прасковья Антонова ыраахтан-чугастан кэлбит оголорбутун, ыччаттарбытын, ыалдьыттарбытын бука барыларын арчылаан, араначчылаан, алгыстаан, ыраастаан Олонхо кэрэ эйгэтигэр аргыый агай угуйан киллэрбиттэрэ кэрэхсэбиллээх.
Дьэ, манна сахалыы куту инэриммит оголорбутугар, ыччаттарбытыгар, олонхоьуттарбытыгар, ыалдьыттарбытыгар муус манан танастаах кыргыттар сахалыы сиэринэн алаадьынан кундуулээн Олонхо тыынын уьугуннардылар, кини кэрэ эйгэтигэр киллэрдилэр.
Утуе-мааны алгыс кэнниттэн улуустаагы дьокутааттар сэбиэттэрин, Олонхо ассоциациятын бэрэсэдээтэлин Екатерина Васильевна Ноговицына эгэрдэтинэн Олонхобут курэхтэрин бастакы суурээннэрэ сагаланнылар. Екатерина Васильевна бука барыбытын ис дууьатыттан тереебут Ийэ тылынан истинник эгэрдэлээтэ. Кини кэнниттэн улуустаагы уерэгирии управлениятын салайааччыта Иннокентий Сергеевич Юмшанов эгэрдэ тылын иьиттибит.
Салгыы биир дойдулаахпыт, Олонхону куускэ чинчийэн уерэппит, угус элбэх чинчийиилэр ааптардара, баар суох биллиилээх-уерэхтээх учуонай учууталбыт, Дьаанылар киэн туттар ытык киьибит Нина Игнатьевна Филипповага анаммыт педагогическай аагыылар курэхтэрин сагалаатылар.
Бу тумсуубутугэр Нина Игнатьевна Филиппова олорон ааспыт ологун, улэтин, ситиьиилэрин , чинчийиилэрин туьунан учууталлар истин иьирэх тылынан ахтан-кэпсээн аьардылар. Олус дирин ис хоьоонноох иьитиннэриилэри истэн элбэги биллибит- кердубут.
Бу аагыыларга дьууллуур субэ 1-гы миэстэни анаата Боронук орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учууталыгар, уерэх чааьыгар директоры солбуйааччытыгар, Дьааны биир бастын учууталыгар Акулина Трофимовна Стручковага. Кини Нина Игнатьевна Филиппова кинигэлэрин, учуобунньуктарын, босуобуйаларын олус тиийимтиэтик ырытан, быьааран кэпсээтэ. Ону таьынан Н.И.Филиппова теруччутун уерэппитин туьунан сырдатта.
2-с миэстэни ылла Баатагай орто оскуолатын алын кылаастарын учуутала Анна Николаевна Стручкова. Кини
"Олонхону чинчийиигэ анаммыт олохтоох ытык киьибит Н.И.Филиппова улэлэрин ненуе тереебут тылы сайыннарар улэлэр эйгэлэрин тэрийии" диэн улэтин билиьиннэрдэ.
3- с миэстэ тигистэ Баатагай орто оскуолатын саха терут култуураларын учууталыгар Юнна Павловна Неустроевага. Кини Нина Игнатьевнага уерэммит кэмнэрин ахтан-санаан аьарда.
Бу аагыыларга сэнээрдибит Баатагай орто оскуолатын алын кылаастарын учууталын Ощепкова Виктория Петровна улэтин
" Особенности восприятия персонажей олонхо детьми младшего школьного возраста с русским языком обучения ". Нуучча оголоругар хаьыс да сылын тиьигин быспакка ылсан улэлиирин кэпсээтэ.
Дьааны олонхолоро буттуун Саха сирин устун таргаммыт уу сахалыы тылынан айыллыбыт буолан хайа багарар улуус дьоно истэн, ааган тута ейдууллэр эбит.
ХХI уйэгэ тиийэ олорон Ийэ олонхоьут суду аатын ылбыт Дария Андреевна Томская анаан чинчийбит дьоно-сэргэтэ бэлиэтииллэринэн 42 олонхолоох, онтуттан уонтан тахсата араас керунунэн уьуллубут. Бу куннэ диэри ус олонхото бэчээттэммит. Икки олонхото бэчээккэ бэлэмнэммит.
Онон билигин огону, ыччаты Дьааны олонхотун билиьиннэрэр, онно ологуран сайдар суолун тобулунарыгар кыагы биэрэр балачча матырыйаал мунньуллан эрэр эбит. Онон, кэнники сылларга олонхону аагыыга, уерэтиигэ сурун болгомто ууруллар буолан олонхону аагыыга араас таьымнаах курэхтэр ыытыллар буоллулар.
Олонхо кунун керсе айан суола ыраагынан сибээстээн бастаан дьууллуур субэ кэтэхтэн кытааччылары иьиттэ. Оголор кэтэхтэн кыттыбыттара учугэй. Манна сурдээх элбэх ого кыттыыны ылла.
Кэтэхтэн кыттааччыларга 1-гы миэстэ Дьааны куоратын кыысчааныгар Рожина Владианнага, 2-с миэстэ Горохова Софьяга, Элгэс нэьилиэгэ, 3-с миэстэ Чёрней Юрага, Арыылаах нэьилиэгэ тигистилэр. Бу манна
" Онолутар олонхоьут", "Кэскиллээх олонхоьут" ааттарын ыллылар Элгэс уолаттара Аркадий уонна Николай Окладниковтар. "Кылыьах ырыалаах, доргоон тойуктаах" олонхоьут аатын ылла эмиэ Элгэс уола Арсен Иванов.
Биьиги саамай себулээбит курэхпитинэн буолла олонхо уобарастарын кердерер
"Олонхо дьоруойдара" диэн курэх. Дьэ, манна бэркэ диэн уобарастары ойуулаан, кэпсээн, ыллаан-туойан иьитиннэрдилэр. Манна курэххэ 1-гы миэстэ тигистэ Наумова Наталинага, Боруулаах нэьилиэгэ, 2-с миэстэ Сергей Колесовка, Баатагай, 3-с миэстэ Рожина Амелияга, Боронук тигистилэр.
"Кэскиллээх уобарас" Боронук уола Артем Иванов, "Туьулгэлээх олонхо дьоруойа" Эрсан Слепцовка, Боруулаах , "Ураты кестуу" Юмшанов Дамирга, Боруулаах ыллылар.
Олонхону дьиэ кэргэнинэн толорууга бэртээхэй курэх ыытылынна. Дьиэ кэргэн сылынан сибээстээн тереппуттэр оголорун кытта тэбис -тэннэ олонхолоон соьуттулар. Бу манна 1- гы миэстэни кырдьагас Дьааны куоратыттан Рожиннар дьиэ кэргэттэрэ ыллылар.2-с миэстэгэ тигистилэр Баатагайтан ус бухатыыр уолаттардаах Колесовтар дьиэ кэргэттэрэ уонна 3-с миэстэ хаьаайыттарынан буоллулар Баатагайтан Гатиловтар дьиэ кэргэттэрэ.
Салгыы тэрийээччилэр квест оонньууну оонньоттулар. Бу оонньууга кыайыылаагынан буоллулар Элгэс орто оскуолатын уерэнээччилэрэ, 2-с миэтэ ЦПРК "Арктика" ыччаттара, 3-с миэстэни Черумчэ орто оскуолатын уерэнээччилэрэ ыллылар. Бу кун улдьу "Олонхо алыптаах дойдутугар" уруьуй курэгин оголорун уруйдаатылар -айхаллаатылар. Бу курэх Улуу олонхону ойуулааьынна буолла. Манна
5-6 саастаахтарга 1-гы миэстэ Аммосова Сайнаарага, Сартан ого уьуйаана, 2-с миэстэ Айсен Рожинна, Остуолба, 3- с миэстэ Аделя Слепцовага Баатагайдаагы
"Кунчээн" ого уьуйааннарын оголоро тигистилэр.
7-9 саастаахтарга 1-гы миэстэни Эьэ-Хайаттан Иноземцева Изабелла, 2-с миэстэни Баатагай орто оскуолатыттан Маша Другина, 3-с миэстэни улуустаагы ускуустуба оскуолатыттан Валерия Касимова ыллылар.
10-13 саастаахтарга 1-гы миэстэни Юмшанова Тамара, Баатагай, улуустаагы ускуустуба киинин, 2-с миэстэни Александра Слепцова, Баатагай ого киинин, 3-с миэстэни Марина Чирикова, Адыаччы орто оскуолатын уерэнээччилэрэ ыллылар.
14-17 саастаахтарга 1-гы миэстэни Горохова Арина, Баатагай орто оскуолатын уерэнээччитэ ылла.
"Мин куукулам" олонхо дьоруойдарыгар курэххэ 5-6 саастаахтарга 1-гы миэстэни Чириков Виктор, Адыаччы, 2-с миэстэни Сартантан Мирослав Осипов, 3-с миэстэни Слепцова Василиса ыллылар.
7-9 саастаахтарга 1-гы миэстэ Баатагай орто оскуолатын уерэнээччитэ Савелий Васильев, 2-с миэстэни Мачахтан Юлия Слепцова, 3-с миэстэни Баатагай орто оскуолатыттан Калерия Ефимова ыллылар.
10-13 саастаахтарга 1-гы миэстэни Адыаччыттан Николина Акимов, 2-с миэстэни Северяна Егорова, Баатагай, 3-с миэстэни Айгылаан Старостин, Баатагай ыллылар.
Быйылгы Олонхо куннэригэр Баатагай орто оскуолатын уерэнээччилэрэ, тереппуттэрэ, учууталлара олус кехтеехтук кытыннылар. Олонхо тыынын бэркэ диэн киллэрэн сэнээртилэр.
Тумукпэр олонхото суох саха быьагас саха диэхпин багарабын. Толору саха буолар туьугар олонхобут ытык ейдебуллэрин ийэ ейбутугэр, олонхо тылын суегэйин - сумэтин ийэ тылбытыгар, олонхо кууьун ийэ куппутугар инэриниэхпитин наада.
Аныгы сайдыылаах саха огото, эдэр ыччата тылыттан тэйбэтин, ийэ тылын сайыннардын диэн туран Олонхо куннэрин,тэрээьиннэрин ере кетегуулээхтик тэрийэн ыыппыт алгысчыттарбытыгар, салайааччыларбытыгар, олонхоьуттарбытыгар, кыттыыны ылбыт бар дьоннорбутугар бука барыларыгар барга Махтал!
А.Н.Стручкова, Баатагай орто оскуолатын учуутала.
26.11.24 сыл.
Последние новости
УВЕДОМЛЕНИЕ об изменении наименования юридического лица Настоящим уведомляем Вас о том, что с 18 декабря 2024 г. произведено изменение наименования Администрации муниципального образования Верхоянский район Республики Саха (Якутия).
Администрации муниципального образования Верхоянский район