Сэтинньи 25 күнүгэр Олонхо күнүгэр аналлаах оройуоннааҕы Дьааҥы- Олонхо түһэ тэрээһин буолан ааста. Бу күн оройуоннааҕы оҕо киинин иһигэр олоҥхо эйгэтэ олохтонно. Ол курдук алын кылаас үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар олоҥхону биирдиилээн толорооһун
00:00 06.12.2024 16+
Сэтинньи 25 күнүгэр Олонхо күнүгэр аналлаах оройуоннааҕы «Дьааҥы- Олонхо түһэ” тэрээһин буолан ааста. Бу күн оройуоннааҕы оҕо киинин иһигэр олоҥхо эйгэтэ олохтонно. Ол курдук алын кылаас үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар олоҥхону биирдиилээн толорооһун, орто сүһүөх үөрэнээччилэригэр олоҥхо дьоруойун толоруу күрэҕэ буолан ааста. Улахан кылаас оҕолоругар оройуоннаҕы библиотека исписэлиистэрэ квест оонньуу ыыттылар. Дьааҥы улууһун үөрэҕин салалтата тэрийбит оройуоннааҕы уруһуй уонна куукула күрэҕин быыстапката турда.
Оройуоннааҕы оҕо кииниттэн бу күн «Чэчир” фольклор куруһуогун салайааччыта Слепцова Н.Г. уһуйуллааччыларын кытта, “Дорҕоон” театральнай устуудьуйа салайааччыта Горохова М.А. көхтөөх кыттыыны ыллылар. Ону тэҥэ робототехника куруһуогун салайааччыта Гатилова Д.И. "Олоҥхону дьиэ кэргэнинэн толоруу" күрэҕэр 3 бочуоттаах миэстэни ыллылар. Тэрээһин түмүктүүр чааһыгар оройуоннааҕы оҕо киинин дириэктэрэ, 7 республикатаа5ы Олоҥхо ыһыаҕын кыттыылааҕа Саввинова Н.В. уонна эдэр педагогпут Слепцова Н.Г. олоҥхону толорооһуҥҥа маастар-кылаас көрдөрдүлэр.
Олоҥхо күнэ олус сэргэхтик, туһалаахтык ааста. Улуу айымньыбыт олоҥхобут сайдарын туһугар оҕолорбут кыһаллыахтара, кэпсии, киэн тутта сылдьыахтара диэн бигэ эрэл киирдэ.
Последние новости
УВЕДОМЛЕНИЕ об изменении наименования юридического лица Настоящим уведомляем Вас о том, что с 18 декабря 2024 г. произведено изменение наименования Администрации муниципального образования Верхоянский район Республики Саха (Якутия).
Администрации муниципального образования Верхоянский район