Сэтинньи 29 күнүгэр Оҕо саас сылыгар аналлаах, Бастыҥнар хамсааһыннарын күннэрин чэрчитинэн М.Л. Новгородов аатынан Верхоянскай орто оскуолатыгар күлүү аргыстаах, үөрүү үктэллээх оройуоннааҕы оскуола оҕолорун икки ардыларынааҕы VIII төгүлүн ыытыллар «Саха КВН» курэҕэ буолан ааста.
Тэрээьини оройуоннааҕы оҕо киинэ уонна оройуоҥҥа бастыҥнар хамсааһыннара тэрийдилэр.
Күрэх сүрүн сыала «Саха КВН» хамсааһынын оройуоҥҥа сайыннарыы, оскуола оҕото төрөөбүт тылын туттар эйгэтин кэҥэтии итиэннэ хамаандалар икки ардыларыгар доҕордоһуу сыһыаны олохтооһун. Күрэххэ уопсайа 11 хамаанда 77 оҕо кыттыыны ылла, оонньуу уопсайа 4 түһүмэхтээх ыытыллынна: бэйэни билиһиннэрии, тиэмэтэ: «Мин дойдум мин Дьааным”, кыракый миниатюралар “Ойор-тэбэр оҕо саас”, видеоролик күрэҕэ, тиэмэтэ: “Кыһын тымныы эрээри, дьоллоох дьоҥҥо ичигэс” уонна бүтэһик түһүмэх музыкальнай “Дьоллоох дьиэ кэргэн- дьоллоох оҕо саас”. Хамаандалары маннык састааптаах дьүүллүүр сүбэ дьүүллээтэ: Үөһээ Дьааҥы улууһун үөрэҕин салалтатын салайааччыта И.С. Юмшанов, Дьааҥы куоратын оҕо искусство оскуолатын иитэр –үөрэтэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Другина Л. А., Баатаҕайдааҕы IT- киин салайааччыта Капитонов Дь. И., Дьааҥы орто оскуолатын иитэр үлэтин советнига Васильева В.С. уонна тэрээһиммит күүтүүлээх ыалдьыта - саха ырыаһыта, саха рэп музыка хайысхатын төрүттээччи, ырыа суруйааччы Е.М.Васильев – Saas Ustar.
4 түһүмэх кэннэ кыайыылаахтарынан таҕыстылар: “Саламат” хамаанда, Арыылаах орто оскуолата, салайааччы Потапов Н.Н.;1 миэстэ- “Сартаҥ сарыаллара” хамаанда, Сартаҥ орто оскуолата, салайааччы Томская Т.П.; 2 миэстэ- “ТУОС” хамаанда, Табалаах орто оскуолата, салайааччы Третьякова А.В.; 3 миэстэ- “Астыктар хамсааһыннара” хамаанда, Боронук орто оскуолата, сал. Горохова М.К., Сыромятникова В.Б.; Номинациялар: “Хорсун хамаанда”, “Хаап-хара” хамаанда Баатаҕай орто оскуолата, сал. Куприянова А.Е.; «Бастыҥ бэйэни билиһиннэрии» “Дьуһааллар» хамаанда А.И. Новгородов аатынан Остуолба сүрүн оскуолата, сал. Степанов Д.Ф.; “Бастыҥ музыкальнай хамаанда” – “Эрийэ-буруйа” хамаанда А.Р. Слепцова аатынан Элгэс орто оскуолата, сал. Слепцова У.Н.,Ефимова Е.Г.; “Бастыҥ бэйэни билиһиннэрии” – “Хоту оҕолоро” хамаанда М.Л. Новгородов аатынан Верхоянскай орто оскуола, сал. Иванова Е.Е. “Бастыҥ видеоролик” – «Очуос таастара» хамаанда Суордаах орто оскуолата сал. Иванова С.П., Гаврильева О.Г. «Тэбэнэттээх хамаанда» - «Оһуор» хамаанда Оройуоннааҕы оҕо киинэ, сал. Колесова М.В., Слепцова Н.Г.; «Бастыҥ көрүдьүөс” – “Дьүкээбил” хамаанда Чөрүмчэ сүрүн оскуолата, сал. Слепцова С.Л.; “Саха КВН эрэлэ”- Неустроев Семен Арыылаах орто оскуолатын үөрэнээччитэ; «Күн күлүүк” (Мисс КВН)- Татаринова Дайаана Суордаах орто оскуолатын үөрэнээччитэ; “Көрдөөх көкөт”(Мистер КВН)- Сыроватский Эрчим «Остуолба сүрүн оскуолата”. Бары кыттааччылар кубогынан, грамоталарынан наҕараадаланнылар.
Оройуоннаа5ы киин аатыттан бары кыттаачыларга бар5а махталбытын тиэрдэбит.??
Последние новости
УВЕДОМЛЕНИЕ об изменении наименования юридического лица Настоящим уведомляем Вас о том, что с 18 декабря 2024 г. произведено изменение наименования Администрации муниципального образования Верхоянский район Республики Саха (Якутия).
Администрации муниципального образования Верхоянский район